Биир дойдулаахпыт Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр 95 сылыгар

Петр Егорович Решетников – Көһөҥө Бүөтүр —  Ийэ олоҥхоһут, үлэ тыыл ветерана, Таатта уонна Эдьигээн улуустарын, Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, улуус Бочуоттаах алгысчыта, спортка эмиэ ситиһиилэрдээх- саахымакка бастакы разрядтаах, дуобакка спорт маастарыгар кандидат. Петр Егорович 1929 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Күнээйи нэһилиэгэр Удаҕан алааһа диэн сиргэ төрөөбүтэ. Чөркөөх сэттэ кылаастаах, онтон Ытык-Күөл… Читать далее »

«Пушкины сахалыы саҥартым»

             Нуучча улуу поэтын Александр Сергеевич Пушкин туһунан бэрт элбэх суруллан, айыллан турар. Инникитин өссө суруллуо, айыллыа турдаҕа. Саха литературатын үгүс көлүөнэ суруйааччылара Пушкинтан элбэххэ үөрэммитэ уонна үөрэнэллэр.Улуу поэт аар-саарга аатырбыт үгүс кэрэ айымньылара сахалыы тылынан саҥардылар.Олор истэригэр «Бахчисарай фонтана», «Цыганнар», «Полтава», «Алтан аттаах» уонна «Евгений Онегин» курдук хоһоонунан суруллубут… Читать далее »

Ньээм уонна үөрэ ото доруобуйаҕа туһалара.

Ньээм, алтан төбө (одуванчик  лекарственный) Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут үгүс киһи билэр ото. Онон быһаара сатыыр наадата суох курдук. Билэргит курдук, сайыны быһа сибэккилэнэр. Эмтэнэргэ ньээм от силиһин үксүн күһүн ото өлбүтүн кэннэ хомуйуллар. Сыыһын ыраастаан баран, күн уотугар хас да күн, силиһэ мас курдук тосто сылдьар буолуор диэри, күүскэ хатарыллапр.… Читать далее »

Хатыҥ мас эмтиир күүһэ.

Х а т ы ҥ ( береза  плосколистная ) Ыам ыйын бүтүүтэ хатыҥ сэбирдэҕин саҥа тыллан, сыстаҥнас буолбут кэмигэр хомуйаллар. Элбэх мастан кыра-кыратык ылар ордук. Буһан хаалбатыгар, түргэнник аҕалан салгыннаах күлүк сиргэ чараастык тэлгэтэн куурдуллар. Сотору-сотору эргитэн тарҕатан биэриллэр. Оттон үнүгэһэ саас хаар ууллубут кэмигэр хомуйуллуохтаах. Үнүгэһи көөнньөрөн эбэтэр оргутан ииктэтэр, үөс таһаарар уонна дезинфекциялыыр… Читать далее »

Биир дойдулаахпыт Е.Е.Борисов-Буор Булгунньах төрүт итэҕэлбит туһунан санаалара

Медицина билимин дуоктара, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, нуучча географическай уопсастыба чилиэнэ, “Оҕо куйуурдуу турара” фонда салайааччыта Егор Егорович Борисов – Буор Булгунньах икки сыл устата суруйбут “Ийэ итэҕэл” диэн кинигэтин бастакынан биир дойдулаахтарыгар Таатта Чөркөөҕүн олохтоохторугар сүрэхтээбитэ. Егор Борисов кинигэни алгысчыт Афанасий Федоровы кытта бииргэ үлэлэһэн суруйбут. Үлэ итэҕэл саҥа хайысхатын тэрийэр сыалы эккирэппэт. Ааптардар… Читать далее »

Биир дойдулаахпыт, норуокка киэҥник биллибит «Ньургуһуннар» ырыа ааптара, учуонай убайбыт Баһылай Бырдьахаанап 90 сыла

            СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Хотугулуу — илиҥҥи омуктар тылларын уонна култууратын үөрэтэр институтун саха литературатын кафедратын доцена Василий Никитич Протодьяконов от ыйын 1 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сылын туолар. Кини 1934 с. Таатта улууһун Чөркөөҕөр күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Дьиэбэгэнэҕэ,… Читать далее »

Чөркөөххө Кыайыы күнэ

Нэһилиэк олохтоохторо Улуу Кыайыы күнүн өрө көтөҕүллэн көрүстүлэр. Сарсыарда 10 ч. «Бары бииргэ!» диэн ааттаах квест оонньуу саҕаланна. Манна нэһилиэк тэрилтэлэриттэн 3-түү киһилээх 4 команда кытынна. I түһүмэх оскуолаҕа буолла. Автоматы бириэмэҕэ ыһыы, хомуйуу: II түһүмэх КСК-ҕа ыытылынна. Командалар сыал быраҕыытыгар күрэхтэстилэр: III түһүмэҕи олохтоох библиотека ыытта. Манна кыттааччылар Кыайыы күнүгэр аналлаах 20 ыйытыылаах таайбараҥҥа… Читать далее »

«Окно Победы» бүтүн Россиятааҕы акция

Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө Чөркөөх тэрилтэлэрэ «Окно Победы» диэн бүтүн Россиятааҕы акцияҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук: Чөркөөхтөөҕү ветлечебница, нэһилиэк дьаһалтата, Чөркөөхтөөҕү «Аленушка» оҕону сайыннарар киин, Чөркөөх орто оскуолата, Чөркөөхтөөҕү норуот айымньытын дьиэтэ уонна библиотека.