Архив за месяц: Январь 2023

Саха тыла. Бэргэн этиилэр

•Саха – ол аата дэгиттэр сайдыылаах, сатабыллаах, дьүккүөрдээх сүрэхтээх үлэһит буолуохтаах. •Саха – ол аата элбэх оҕо күйгүөрүнэн эймэнэр, дьоллоох ньир-бааччы ыал ийэтэ, аҕата, эбэтэ, эһэтэ буолуохтаах. •Государствобытын бөҕөргөтөр суолу көрдүүрбүтүгэр Саха сирэ түөрт үйэ тухары Россия быстыспат сорҕото буолбутун умнарбыт хайдах да сатаммат. Дьылҕабыт, историябыт тэрийбитэ, оҥорбута оннук. •Саха норуота – кэскиллээх норуот. Үгүс… Читать далее »

Тохсунньу ыйбыт битэ-билгэтэ уонна бэлиэ күннэрэ

Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньу ый түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аан-даан тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр. Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр. Онон таҥхаланыы диэн үөскээбит. Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – сайына куйаас.… Читать далее »