1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
484 views

Саха тыла. Бэргэн этиилэр

•Саха – ол аата дэгиттэр сайдыылаах, сатабыллаах, дьүккүөрдээх сүрэхтээх үлэһит буолуохтаах.
•Саха – ол аата элбэх оҕо күйгүөрүнэн эймэнэр, дьоллоох ньир-бааччы ыал ийэтэ, аҕата, эбэтэ, эһэтэ буолуохтаах.
•Государствобытын бөҕөргөтөр суолу көрдүүрбүтүгэр Саха сирэ түөрт үйэ тухары Россия быстыспат сорҕото буолбутун умнарбыт хайдах да сатаммат. Дьылҕабыт, историябыт тэрийбитэ, оҥорбута оннук.
•Саха норуота – кэскиллээх норуот. Үгүс күчүмэҕэй, дьалхааннаах кэмнэри, эрэйинэн-кыһалҕанан да буоллар, этэҥҥэ туораан, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэллэ. Инникитин, омукпут бүтүннүүтэ биир санааланан, эбии ыкса сомоҕолостохпутуна, ханнык да бэйэлээх эриирдэргэ-мускуурдарга өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа, өссө эбии өрөйөн-чөрөйөн, өргөйөн, барҕарыы суолунан барыахпыт диэн энчирээбэт эрэллээхпит.Софрон Данилов
•Мин үҥэр таҥарам –
Мин сахам аймаҕа.Авксентий Мординов
• Үс саха үөскүүр үөрүүтэ буолбут,
Түөрт саха төрүүр төлкөтө олорбут
Урааҥхай буолан
Уһаан-тэнийэн барар
Уураахпыт ууруллубут эбит,
Киһи буолан кэҥээн барар
Кэскилбит кичэллибит эбит…
Былатыан Ойуунускай

• Сахалыы саҥа,
Саха үөрэҕэ
Салаалалан сайдан
Сандааран таҕыстын.
Алампа

• Саха кута-сүрэ тыыннаах,
Саха сүрэ-кэбэ күүстээх.
Өбүгэ үөрэҕэ – айыы үөрэҕэ,
Үйэлэргэ сайдан иһиэҕэ.
Саха кэскилэ – кэрэмэс,
Саха анала – үрдүк.
Илья Баишев

• Сылаас, сырдык сыдьаайдан,
Саха оһоҕунуу
Баай дууһалан, баай санаалан,
Саха тылыныы.
Хааммар сылдьар итинник
Өбүгэм кэриэһэ.
Өйбөр, сүрэхпэр дириҥник
Иҥпит үгэһэ.
Семен Данилов

• Саха диэн тылы, саха диэн ааты бука диэн хараардымаҥ!
Суорун Омоллоон

• Мин сахабын, мин киһибин.
Дьүкээбил сардаҥатын,
Буурҕа тыаһын сүүмэрдээммин
Олоҥхону айбытым.
Кындыл
• Саха оло5о –
Чараастан чараас,
Саха холбо5о –
Ыраастан ыраас.
Өлүү диэн түүл –
Онно эн уһуктубаккын,
Олох диэн дьүүл –
Омуккун ыһыктыбаккын…
Тыл, итэҕэл, үгэс –
Олоҥхо үс атаҕа,
Күүс, олоҥхо, бэлэс –
Боотур уус үөс утаҕа!

Виталий Власов

• Саха сахатынан кэрэ.
Уххан
• Улахан соргулаах
Урааҥхай сахалар,
Уйгубут –
Уолбат ойбон,
Быйаҥмыт –
Быстыбат өрүс,
Үөрүүбүт –
Өлбөөдүйбэт өрөгөй,
Олохпут –
Умсубат түөрэх!
Василий Федотович Гольдеров – Ороһу уола

• Кырасыабай майгылаах
Кыталыктыыр кыргыттар,
Хотор-кыйар дьоҕурдаах
Хото курдук уолаттар,
Турууй дойдум ыччата,
Дьоруой дьоннуу олоро,
Дьоллоох олоҕу оҥоро,
Дьоһун соругу толоро
Турууй, дойдум ыччата.

Степан Иванович Тимофеев – Кустуктаанап

Саҥа тахсар куну сахалыы айхаллыаҕыҥ!
Саха төрүт ыччата, саныыр буолаар өрүүтүн саха омук күҥҥэ үҥэр сиэрин-туомун, алгыһын.
Саха дьонун сиэринэн сибиэһэй салгынынан сайгыччы тыыныаҕыҥ!
Саҥа үйэ эрэлэ – сайдыы-үүнүү күүһүгэр, саха омук кэскилэ-сайаҕас ыччатыгар
Киһи буолан килбэй, саха буолан сандаар.
Сайаҕас санаалаах, саргылаах олохтоох, саханы саха дэтэр ытык мааны ыал буолуҥ!
Саха сайаҕас аймаҕын сарсыҥҥыта сандаардын, сайдам-дьэллэм, сай олох сааһыланан таҕыстын.

• Кэккэҕэ киирдиҥ – симэлийэн, сүтэн хааларга дылыгын эрээри, таммах курдук модун сүүрүк кыаҕар кыттыһаҕын…
Николай Лугинов
• Мин төрөөбүт норуотум саныыр санаатын ытыктыыр үгэскэ эһэм-эбэм, ийэм-адам саҕаттан үөрэнэн хаалбыппын.
• Бар дьоҥҥо, норуокка өҥө – ол буолар дьиҥнээх баай.
• Биһиги норуоппут кэлэр кэскиллээҕэр бигэтик эрэнэбин.
• Бар дьоҥҥо, норуокка өҥө – ол буолар дьиҥнээх баай.
• Киһи сыаната норуокка оҥорор үтүөтүнэн сыаналанар.
• Биир киһи дьон-норуот дьолун тоҕо үктээн, өр олоруон сатаммат.
• Саамай улуу күүс – бар дьон, общественность, норуот. Чөҥөрө чүөмпэ уолбатын, уотурбатын курдук дириҥ төлкөлөөх баар – бар- дьон!
• Норуот үтүөҕэ тардыһыылаах өйө-санаата, кэс тыла-өһө тыын да угарынан, дьикти дьайыылаах эрчими да биэрэринэн, үйэтэ да мунура суоҕунан, суруйааччыга өлбөт мэҥэ уутугар холоонноох.
Суорун Омоллоон

• Бары норуоту биир тэҥник ытыктыахха, кини айымньытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһыахха, кини үөрүүтүнэн үөрүөххэ, кини хомолтотунан хомойуохха.
Николай Якутскай
• Дьонуҥ-норуотуҥ туһугар
Дьоһун олоҕу олоруоҥ.
Илья Баишев

Үрэх сүүрүгүрэр, сүүдүйэр,
Киһи кэхтэр, кэбэлийэр,
Тыл сытыйбат, сыттаммат,
Сурук сууйуллубат, суодуйбат.
Алампа

• Төрөөбүт тылы таптааһын төрөөбүт норуоту таптааһыны, киниэхэ ис сүрэхтэн бэриниилээх буолууну кытта быстыспат ситимнээх.
А.Е. Мординов

• Ийэ тылгыттан абыралы булуоҥ,
Кини баай байҕалыгар тиксэҥҥин
Баай дууһаланыаҥ,
Өлбөт өйдөнүөҥ.
Семен Данилов

• Күндү тыл сэдэхтик этиллэр эрэ буоллаҕына күндүтүк иһиллэр баҕайыта.
• Саха тыла муора курдук баай. Саха омук тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир симэҕин курдук сиэдэрэй.
• Тыл тылга мэһэйдээбэт, хата, тыл тылга көмөлөһөр. Тыллар киһиэхэ ыар ындыы буолбаттар, хата, сырдыкка көтөҕөр сытыы кынат хотоҕойдоро буолаллар. Сүрэххэ үтүө дьулуур, төбөҕө дириҥ санаа тылынан өтөн киирэн киһиэхэ иҥэллэр.
Амма Аччыгыйа

• Күөн туттабын сахабынан
Түҥ былыргы саҥабынан:
Олоҥхолоон доллоһутар,
Кылыһахтаан дьириһитэр,
Хайҕаан сүрэҕи уматар,
Алҕаан халлааны ардатар,
Кыраан өһүн:сааһын ситэр
Кылааннаах ийэ тылбынан!
• Өскө төрүт тылгын умнуоҥ –
Өнүйбэккэ ииниэҥ – хатыаҥ,
Силис тардыах сиргин тумнуоҥ –
Симэлийэн сүтэн барыаҥ.
Семен Руфов

• Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин.
• Мин тылым – мин тохтор тойугум,
Мин тылым – мин туойар хомуһум,
Кэриэһим – кэннибэр хааларым
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым.
Былатыан Ойуунускай
• Устар ууну сомоҕолуур
Улахан уус-уран тыллаах,
Ыллыбыт суолу ыпсарар
Ыллыктаах ыраас тыллаах,
Арааттаммыт санааны самсыыр
Алыптаах айахтаах.
Өксөкүлээх Өлөксөй

• Саха омук тыл үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир симэҕин курдук сиэдэрэй.
• Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат.
• Күүстээх, көдьүүстээх тыл кэмигэр, сөпкө, ис сүрэхтэн этиллиэн наада. Оннук тыл кулгаахха иһиллибэт, сүрэххэ иҥмэт буолуон сатаммат. Кини судургу, туруору буолааччы.
Амма Аччыгыйа

• Төрөөбүт төрүт тылым…
Иитиллибит тйэ тылым.
Күндэ

• Кини миэнэ –
Барҕа баайым,
Өлбөт мэҥэм –
Мин дьолум…
Кустук өҥнөөх,
Кымыс сыттаах
Сахам аптаах саҥата.
Семен Данилов

• Биһиги ийэ тылбыт – …дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүстээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх кэрэ, дьикти тыл.
Күннүк Уурастыырап

• Аптаах тыл аттаах,
Охтоох тыл оҕустаах,
Өйдөөх тыл үптээх,
Мааны тыл баайдаах…
Нарын-намчы ача тыллар…
Күн сылама сылаас тыллар…
Сэмэй сипсиэр симик тыллар…
Намыын-намыын таптал тыллар…
Петр Тобуруокап

• Төрүт сахабыт
Төлкөлөөх тылын
Төлөннөөх ырыанан
Сүрэхпитигэр түһэр.
Ыччат дьоҥҥор
Ырыаҕын ыс.
Кэнчээри дьоҥҥор
Кэпсээҥҥин кэбис.
Эллэй

• Тыл сахалыы дорҕооно,
Сахалыы өйө,
Барҕа баайа,
Өҥө-дьүһүнэ,
Минньигэһэ,
Ууһа,
Кэрэтэ,
Күүһэ,
Хомуһуна –
Бары баар буоллахтарына биирдэ
Тылбыт өлүөр туруктанар,
Саха бүтүн куттанар,
Сүдү күүстээх сүрдэнэр –
Өлбөт-өспөт үөстэнэр,
Өрөгөйдөөх тирэхтэнэр!…
Өҥ үктэллэнэр.
Дапсы

• Этэр тыл иччилээх,
Саҥарар саҥа салалталаах.
И. Баишев

• Киһи тылын ылыннарыан олус баҕардаҕына, ардыгар, тыла-өһө мөлтөөн-сыппаан хаалааччы.
Софрон Данилов

• Туора киһи баарыгар кэпсэтии атын, итэҕэйсэр бэйэ дьонун ыккардыгар атын.
Николай Лугинов

• Дьиҥнээх бэйэ сүрэҕинэн этии бэлэм тылларынан кыаллан этиллиэ суохтаах. Киһи-киһи тус-туспа, түбэлтэ да атын-атын, ол барыта хайдах ханнык эрэ бэлэм халыыпка дьоп гына угуллан истэҕэй?
Петр Тобуруокап

• Саха тыла! Саха омук тылын сүмэтэ – Кулаковскай, Ойуунускай тыллара! Түҥ былыргы соҕурууҥҥу уордаах сахтары уонна хоту тымныы-тыйыс дьыбарын бииргэ ыпсаран сатаан холбообут, ону ойуулаан-оһуордаан, уустаан-ураннаан хомоҕой хоһоон, ыллам ырыа, кэрэ кэпсээн гыммыт мин төрөөбүт сахам тыла кэнэҕэһин-кэнэҕэс кэхтэн-эстэн хаалбакка, аан дойду норуоттарын муудараһыгар кыттыстар, киһи аймах культуратын фондатыгар аналлаах миэстэтин буллар…
Далан

• Ийэ тыл
тыыннааҕын тухары –
Ол омук чөл тыыннаах,
Төрүт хаан
Ааттааҕын тухары –
Алгыс диэн санаалаах!
Виталий Власов

Өксөкү элиэ –
Өксүөнү тэлиэ,
Өйдөөх тыл биллиэ –
Өлбөт кэм кэлиэ!
Виталий Власов

Уҥуоҕа суох эт суох буолуохтаах,
Бэл, тылыҥ эйиэнэ уҥуохтаах.
Эйэҕэс, истиҥ тыл барахсан
Саас буолан сандаарар сүрэх ахсын.
Леонид Попов

• Омук – Тыл, Тыл – Омук!
Мандар Уус

• Тимиртэн баас ылыаҥ –
Түргэнник ол оһуоҕа,
Оттон тылтан бааһырыаҥ –
Үйэҥ тухары сордонуоҥ.

И. Брызгалов
• Өбүгэттэн кэриэс хаалбыт
Өлбөт-сүппэт ийэ тылбыт.
Өрүү кинини Эн үөрэт,
Өрөгөйүн өссө үрдэт.
А. Тарасов

Төлө туппат төрүт баайыҥ –
Төрөөбүт ийэ тылыҥ.
Т. Аммосова – Ахсаана Сонтуой
Үтүө тыл өлүөҕү үтүөрдэр,
Өргө тыл төннөрөр төрүөҕү.
Тылгын сатаан туттуоҕуҥ –
Эрэл доҕоргун булуоҕуҥ.
“Алгыстар”Мин бэйэ норуотун тыыннаах тыл аптаах күүһүнэн үйэтитииттэн ордук үрдүк, сыаналаах, үчүгэй өссө туох баарын билбэппин.
Андрей Кривошапкин

• Тыл – киһи ис дууһатын кэрэһитэ. Саха өһүн хоһооно
• Саха тыла – саха тыына
• Оҕо төрөөбүт тылынан майгыта олохсуйар, өйө тобуллар, айар дьоҕура сайдар.
• Тыл – норуот сайдыытын кэрэһитэ
• Саха тыла алыптаах, сарыал тыкпыт сылаастаах.
• «Тыл баар буолан – сайдыы баар», «Тыл баар буолан – омук баар», «Тыл сүттэҕинэ, омук эмиэ симэлийэр», «Саха тыла – саха тыына, дьылҕата»
• Тылгын биэрэр эрэ тутах, Тылгын толороруҥ туйгун.
• Сааһылаан саҥарыы Саанан кыҥаан ытыы

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *