Архив за месяц: Март 2022

Ойуунускай төрөөбүт балаҕана

    Саха Автономиятын олохтообут  биллиилээх бөдөӊ  салайааччы, саха билиӊӊи литературатын төрүттээбит суруйааччы,  ученай Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт балаҕана Тааттаҕа Чөркөөхтөн арыый  тэйиччи  сытар алааска турар.      Чөркөөх кырдьаҕас олохтоохторун кэпсээн хаалларбыттарынан,  Ойуунускай  төрөөбүт балаҕана 19 үйэҕэ  тутуллубут. Бàстаан Сатаҕай диэн ааттаах сиргэ турбут. Кэлин билигин турар сиригэр Муӊха Дэлбэрийбит диэн ааттаах  алааска көhөрөн киллэрбиттэр.… Читать далее »

Олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр

Олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр     Петр Егорович 1929 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Күнээйи нэһилиэгэр Удаҕан алааһа диэн Чөркөөхтөн чугас сытар сиргэ   күн сирин көрбүтэ. Аҕата Егор Петрович Решетников Маҕаас аҕатын ууһуттан төрүттээх.  Чугас аймаҕа Көһөҥө Ньукулай диэн киһи олоҥхолуур идэлээҕэ. Ийэтэ Евдокия Исаевна Новгородова Чурапчы Чуораайыттатыгар төрөөбүт-үөскээбит саха бастакы үөрэхтээҕэ Семен Андреевич Новгородов чугас… Читать далее »