Саха Автономиятын олохтообут биллиилээх бөдөӊ салайааччы, саха билиӊӊи литературатын төрүттээбит суруйааччы, ученай Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт балаҕана Тааттаҕа Чөркөөхтөн арыый тэйиччи сытар алааска турар.
Чөркөөх кырдьаҕас олохтоохторун кэпсээн хаалларбыттарынан, Ойуунускай төрөөбүт балаҕана 19 үйэҕэ тутуллубут. Бàстаан Сатаҕай диэн ааттаах сиргэ турбут. Кэлин билигин турар сиригэр Муӊха Дэлбэрийбит диэн ааттаах алааска көhөрөн киллэрбиттэр.
Ойуунускай бала5анын кээмэйэ (7 м х 7 м), үрдүгэ 2,6 м, барыта 6 түннүктээх, буор муосталаах, аана ар5аанан. Аттыгар ампаар дьиэлэрэ билигин да турар.
Былатыан а5ата Өлөксөй бастакы кэргэнэ эрдэ өлөн 3 тулаайах о5отун тутан хаалбыта. Иккиhин ыаллыы Дьүлэй нэhилиэгиттэн эдэр Дьэбдьэкиэйи кэргэн ылбыта. Былатыан ийэтэ түргэн, ыраас туттуулаах үлэhит этэ. Сүөhү-ас ииттэн 10 о5олорун барыларын атахтарыгар туруорбуттара. Кыра бала5ан иhигэр о5олор киэhэтин олоӊхо, остуоруйа истэллэрэ. Былатыан бэйэтэ олоӊхолуур буолан куруук ыӊырыыга сылдьара. Былатыан илии-атах оонньууларын эмиэ ордорор этэ.
1983 сыллаахха суруйааччы төрөөбүтэ 90 сылын көрсө суруйааччы Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон көҕүлээhининэн биир дойдулаахтара, таатталар Ойуунускай музей-уhаайбатын туппуттара.