Билигин 90 саастаах Чөркөөх олохтооҕо, үлэ уонна тыыл ветерана Татьяна Михайловна Слепцова- Сунхалырова быйыл 140 сааһын туолар саха бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, «олунньутааҕы саагыбар» кыттыылааҕа диэн олоҕо суох сымыйаҕа буруйданан 1921с. олунньу ыйга ытыллыбыт учуутал Егасов Е.М. баай Нээстээр Силэпсиэп кыыһын Марияны кэргэн ылбытын туһунан дьиҥнээх олохтон кэпсээнэ https://youtu.be/vDSFjHp721s
Егасов учуутал 1921 с. репрессияҕа түбэһэн сымыйа балыырга түбэһэн ытан өлөрбүттэригэр кэргэнэ Мария Нестеровна олус аймаммыта, аһыйбыта эбитэ үһү. Елпидифортан кыыс оҕотун көтөҕөн туран хаалбыт.
Кэлин Маайа эмээхсин Чөркөөххө олорон 1962с.өлбүтэ. Маайа эмээхсин миигин кынат оҕо оҥостубута, дьоммуттан көҥүллэтэн (аймахтыы буолабыт, ийэм Федосия, аҕам Михаил Слепцовтар элбэх оҕолоох ыал этилэр) ылан батыһынньаҥ көмөлөһөр оҕо оҥостубутун дьон билэр.
Онон мин Мария Нестеровна Егасовалыын куоратынан даҕаны, манна Тааттаҕа олорор кэмигэр элбэхтик алтыспытым.
Маайа эмээхсин кэпсээнэ элбэх буолааччы. Хайдах ыал буолбутун туһунан кэпсээбитэ, тугу өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ тиэрдэбин:
Эдэрбэр үөрэхтээх эрээри дьадаҥы ыал уолун көрсөн билсибитим. Кинини көрөөт да тута сөбүлээбитим.
Сайын Тохтобулга олордохпутуна Елпидифорым тиийэн кэллэ. Чугас тыаҕа тахсан ахтыспыт дьон өр арааһы кэпсэттибит. Дьонум эйиигин кытары көрсөрбүн сөбүлээбэттэр диэн этэн биэрдим уонна эрдэттэн бэлэмнээн аҕалбыт этэрбэһи уонна маҥан халадаай ырбаахыны кытары былааты төҥүргэс анныгар кистээн ууран баран:- Елпидифор, эн манна кэлэн бу таҥаһы кэтэн баран Ханньас диэки барар суолунан ааһаар, оччоҕуна мин көрөн эйиэхэ тахсыам, — диэн болдьостубут.
Титииккэ дьахталлар саҥалара, ханнык дьахтар ааста дэһэллэрэ элбээн истэ, кэлин сэрэйэр буоллулар.
Биирдэ дьиэбитигэр Прокопий Сокольников луохтуур кэлэн олорор эбит. Чуулааммар аастым, аҕам кыыспыт 2 ынахтаах Чалбах Мэхээлэ уолунаан бодоруста диир саҥата иһилиннэ. Мин чуулааным иһигэр кулгаахтаах сыттыкпын ыга кууһан ороммор олордум, киирдэҕинэ сыттыкпынан охсуом дии саныы олоробун. Атах тыаһа кэлэн, чуулаан аанын аһан баран күүскэ сабан кээстэ: — Табыллыбат маннык, сааттаах быһыы, — диэн луохтуур саҥата иһилиннэ.
Оннук ыал буолан турабыт биһиги Елпидифорбынаан.