1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
102 views

«Төрдүнү- ууһу билии ыччакка туһаайыллар «

Төрөөбүт тыл, сурук -бичик күнүгэр Чөркөөхтөөҕү модельнай библиотекаҕа » Төрдүнү- ууһу билии ыччакка туһаайыллар » диэн публичнай ааҕыы тэрилиннэ. Россияҕа Дьиэ- кэргэн, Саха сиригэр Оҕо- аймах сылларынан кэнэҕэски ыччакка төрдүн — ууһун билэригэр анаан нэһилиэктэн аймах, аҕа уустара бэлиэ дьоннорун уонна кимтэн кииннээх,хантан хааннаах дьон олохсуйан ааспыттарын кэпсиир ааҕыы интэриэһинэй, сэргэх кэпсээннээхтэри түмтүлэр. Барыта 12 ахтыы, чинчийии тула кэпсэтии буолла. Публичнай ааҕыыны библиотекарь Т.А. Бодоготова сүрүннээн ыытта. Бары кыттааччыларга махтал суругу туттарда. Маны сэргэ сахалыы дьыктааны суруйуу ыытылынна. Дьыктааны саха тылын, литературатын ветеран — учуутала А.И.Аржакова бэрэбиэркэлээтэ, сертификаттары туттартаата уонна бэйэтин төрөппүттэрин 100 саастарыгар аналлаах бирииһин А.Г.Винокуроваҕа туттарда. Кытттааччылар Публичнай ааҕыылары өссө кэҥэтэн, кэпсэтэр тиэмэлэрин уларыта сылдьан оскуола оҕолорун кытыннарыахха сөптөөҕүн этэн тарҕастылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *