Аҕам саастаахтар күннэрэ

Бүгүн алтынньы 3 күнүгэр нэһилиэккэ биллэриллибит Аҕам саастаахтар декадаларыгар олохтоох библиотека көҕүлээһининэн баҕалаах нэһилиэк олохтоохторо уруһуйдуурга холонон, сынньанан, сэргэхсийэн тарҕастылар. Дьарыгы Надежда Сабарайкина ыытта.

Саха бастакы дьахтар поэта Биэрэ Дабыыдап

Вера Дмитриевна Давыдова (16.09.1901 – 17.09.1977) – методист-учуутал, үөрэх кинигэлэрин, букубаардар ааптардара, оҕо хоһоонньута, саха  интеллигенциятын инники күөнүн бэрэстэбиитэлэ. В.Д. Давыдова Дьокуускай уокурук Амма солобуодатыгар орто сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Аҕата, Таатта Тыараһатын баайын Баһылай Дабыыдап улахан уола Миитэрэй, додо курдук үөрэхтээх, сытыы-хотуу, суруксут киһи эбит. Ийэтэ – Анна Егоровна Оруоһуна – Таатта I Игидэйин сис… Читать далее »

Сардана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 90 сыла

⚜️⚜️⚜️ Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, филологическай наука кандидата, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин лауреата, Таатта уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина Сардана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 9️⃣0️⃣ сылынан Ытык Күөл киин библиотеката бэлэмнээбит виртуальнай быыстапкатын билсиҥ⤵️ Сардана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар  

Елена Васильевна Слепцова — Куорсуннаах бэлиэ сааһынан Ытык-Күөл киин библиотеката бэлэмнээбит матырыйаала

📖🖋️📖🖋️📖🖋️Саха народнай суруйааччыта, СР үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин лауреата Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах бэлиэ сааһынан Ытык-Күөл киин библиотеката бэлэмнээтэ: Виртуальнай быыстапка⤵️ Саха народнай суруйааччыта Елена Слепцова — Куорсуннаах 60 сааһыгар 🔹 Народнай суруйааччыны Ытык Күөлгэ чиэстээһин туһунан⤵️ Чествование поэта, прозаика, лауреата Государственной премии РС (Я) им. П. А.Ойунского Елены Слепцовой- Куорсуннаах  … Читать далее »

Биир дойдулаахпыт, норуот суруйааччыта Елена Слепцова — Куорсуннаах

Россия Суруйааччыларын сойууһун уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэннэрэ, норуот суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Намжил Нимбуев аатынан 1 норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия турнир кыайыылааҕа, СӨ үтүөлээх артыыската, поэт, прозаик, тылбаасчыт, документалист-суруйааччы Елена Васильевна Слепцованы – Куорсуннааҕы бэс ыйын 14-гэр үбүлүөйдээх күнэ буоларынан эҕэрдэлээн туран, ааҕааччыларбытыгар кини дойдутугар, дьонугар анаан суруйбут хоһооннорун билиһиннэрэбит.… Читать далее »

Биир дойдулаахпыт Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр 95 сылыгар

Петр Егорович Решетников – Көһөҥө Бүөтүр —  Ийэ олоҥхоһут, үлэ тыыл ветерана, Таатта уонна Эдьигээн улуустарын, Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, улуус Бочуоттаах алгысчыта, спортка эмиэ ситиһиилэрдээх- саахымакка бастакы разрядтаах, дуобакка спорт маастарыгар кандидат. Петр Егорович 1929 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Күнээйи нэһилиэгэр Удаҕан алааһа диэн сиргэ төрөөбүтэ. Чөркөөх сэттэ кылаастаах, онтон Ытык-Күөл… Читать далее »

«Пушкины сахалыы саҥартым»

             Нуучча улуу поэтын Александр Сергеевич Пушкин туһунан бэрт элбэх суруллан, айыллан турар. Инникитин өссө суруллуо, айыллыа турдаҕа. Саха литературатын үгүс көлүөнэ суруйааччылара Пушкинтан элбэххэ үөрэммитэ уонна үөрэнэллэр.Улуу поэт аар-саарга аатырбыт үгүс кэрэ айымньылара сахалыы тылынан саҥардылар.Олор истэригэр «Бахчисарай фонтана», «Цыганнар», «Полтава», «Алтан аттаах» уонна «Евгений Онегин» курдук хоһоонунан суруллубут… Читать далее »

Ньээм уонна үөрэ ото доруобуйаҕа туһалара.

Ньээм, алтан төбө (одуванчик  лекарственный) Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут үгүс киһи билэр ото. Онон быһаара сатыыр наадата суох курдук. Билэргит курдук, сайыны быһа сибэккилэнэр. Эмтэнэргэ ньээм от силиһин үксүн күһүн ото өлбүтүн кэннэ хомуйуллар. Сыыһын ыраастаан баран, күн уотугар хас да күн, силиһэ мас курдук тосто сылдьар буолуор диэри, күүскэ хатарыллапр.… Читать далее »

Хатыҥ мас эмтиир күүһэ.

Х а т ы ҥ ( береза  плосколистная ) Ыам ыйын бүтүүтэ хатыҥ сэбирдэҕин саҥа тыллан, сыстаҥнас буолбут кэмигэр хомуйаллар. Элбэх мастан кыра-кыратык ылар ордук. Буһан хаалбатыгар, түргэнник аҕалан салгыннаах күлүк сиргэ чараастык тэлгэтэн куурдуллар. Сотору-сотору эргитэн тарҕатан биэриллэр. Оттон үнүгэһэ саас хаар ууллубут кэмигэр хомуйуллуохтаах. Үнүгэһи көөнньөрөн эбэтэр оргутан ииктэтэр, үөс таһаарар уонна дезинфекциялыыр… Читать далее »

Биир дойдулаахпыт Е.Е.Борисов-Буор Булгунньах төрүт итэҕэлбит туһунан санаалара

Медицина билимин дуоктара, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, нуучча географическай уопсастыба чилиэнэ, “Оҕо куйуурдуу турара” фонда салайааччыта Егор Егорович Борисов – Буор Булгунньах икки сыл устата суруйбут “Ийэ итэҕэл” диэн кинигэтин бастакынан биир дойдулаахтарыгар Таатта Чөркөөҕүн олохтоохторугар сүрэхтээбитэ. Егор Борисов кинигэни алгысчыт Афанасий Федоровы кытта бииргэ үлэлэһэн суруйбут. Үлэ итэҕэл саҥа хайысхатын тэрийэр сыалы эккирэппэт. Ааптардар… Читать далее »