1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
135 views

Биир дойдулаахпыт, норуокка киэҥник биллибит «Ньургуһуннар» ырыа ааптара, учуонай убайбыт Баһылай Бырдьахаанап 90 сыла

            СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Хотугулуу — илиҥҥи омуктар тылларын уонна култууратын үөрэтэр институтун саха литературатын кафедратын доцена Василий Никитич Протодьяконов от ыйын 1 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сылын туолар. Кини 1934 с. Таатта улууһун Чөркөөҕөр күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Дьиэбэгэнэҕэ, Лампа алааһыгар ааспыта. Аҕата былыргыга үөрэхтээх, нууччалыы ааҕар, суруйар, аҕыйах саҥалаах, түс- бас көрүҥнээх Микииттэ Ыстапаанабыс. Ийэтэ — үөрэҕэ суох, сэргэх көрүҥнээх, саҥалаах — иҥэлээх, куруук дьаһайа, такайа сылдьар Маайа Уйбаанабына. Баһылай Чөркөөх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран 1954 с. Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэн алын сүһүөх кылаас учуутала уонна пионербаһаатай идэтин ылбыта. Училище кэнниттэн тута Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. 1957 с. эргиллэн кэлээт СГУ-га саха  салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үрдүк үөрэҕин 1962 с.бүтэриэҕиттэн 2017 с. дылы университет преподавателинан үлэлээн тыһыынчанан ааҕыллар устудьуону үөрэппитэ, ол иһигэр 100-кэ наука кандидата, 20-чэ наука доктора буолбут дьону.

           В.Н.Протодьяконов — суруйааччы, тылбаасчыт, сценарий суруйааччы, театр критигэ, хоһоонньут, ырыа айааччы. Саха тыллаах барыта таптаан ыллыыр «Ньургуһуннар» И.А.Дмитриев тылыгар уонна «Саха ырыата»  Алампа тылыгар  айбыт ырыалара саха баарын тухары ыллана туруохтара.Василий Никитич көмүс уҥуоҕа бэйэтин баҕатынан, төрөөбүт төрүт сиригэр Чөркөөххө, Таатта үрэх үрдүгэр ыраас буордаах Трощанскай кылабыыһатыгар үйэ — саас тухары хараллан сытар.   

Кыым саҕааччы, суолдьут сулус Баһылай :Бырдьахаанап/[хомуйан оҥордулар; В.Б. Окорокова, Е.М. Поликарпова].-Дьокуускай: Бичик, 2018.-320 с.

Кыым саҕааччы, суолдьут сулус Баһылай Бырдьахаанап / хомуйан оҥордулар: В. Б. Окорокова, Е. М. Поликарпова. — Дьокуускай: Бичик, 2018 — 320 с.

Протодьяконов В. Н.

Ырыалар… Санаалар / В. Н. Протодьяконов. — Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2004 — 72 с.

Уот сүрэхтээх учуутал убайбыт 50 сыл үрдүк үөрэх кыһатыгар.

Уот сүрэхтээх учуутал убайбыт / хомуйан оҥордулар: В. Б. Окорокова, С. И. Егорова. — Дьокуускай: Бичик, 2012 — 6 с.

Бу дьыл ыам ыйын 18 күнүгэр Чөркөөххө В. Н. Протодьяконов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Ньургуһун — таптал, кэрэ-нарын тыына» аһаҕас ырыа конкурса ыытыллар.

Биир дойдулаахпыт аата ааттана, ырыата ыллана туруо!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *