1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
141 views

Саха бастакы дьахтар поэта Биэрэ Дабыыдап

Вера Дмитриевна Давыдова (16.09.1901 – 17.09.1977) – методист-учуутал, үөрэх кинигэлэрин, букубаардар ааптардара, оҕо хоһоонньута, саха  интеллигенциятын инники күөнүн бэрэстэбиитэлэ.

В.Д. Давыдова Дьокуускай уокурук Амма солобуодатыгар орто сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Аҕата, Таатта Тыараһатын баайын Баһылай Дабыыдап улахан уола Миитэрэй, додо курдук үөрэхтээх, сытыы-хотуу, суруксут киһи эбит. Ийэтэ – Анна Егоровна Оруоһуна – Таатта I Игидэйин сис баайын, кинээс Дьөгүөр Баһылайабыс Оруоһун улахан кыыһа – Кучуйа Аана.

Үөрэхтээх политссыльнай Ельцова Людмила Андрониковна бэлэмнээн 1910с. Дьокуускайдааҕы дьахтар гимназиятыгар үөрэнэ киирэр. Вера Дмитриевна тоҕус сыл устата гимназияҕа үөрэнэр, элбэх политссыльнайдары кытта алтыһар, биир дойдулааҕа П.А. Ойуунускайдыын билсэр. Гимназияҕа үөрэнэ сылдьан 1917 сыллаахха Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин көрсөр. 1919 сыллаахха гимназия сабыллар. Вера, оччотооҕу кэмҥэ балачча үөрэхтээх кыыс, дойдутугар тахсан Чөркөөх уонна Игидэй нэһилиэктэригэр учууталлыыр. Эдэр  учууталы үөрэнээччилэрэ олус таптыыллар, олохторун тухары ытыктыыллар. Киниэхэ үөрэммит саха норуотун суруйааччыта Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа Вера Дмитриевнаҕа кырдьыар диэри махтанара, өссө «Сааскы кэм» романыгар Вера Дмитриевна аатын да уларыппакка эдэр учуутал кыыс обраһын киллэрэн өлбөт үйэлээбит.

Сыл курдугунан Дьокуускайга учуутал техникума аһыллар. Вера онно киирэн үөрэнэр. Алампа Софронов тэрийбит «Саха омук», «Кэскил» айар дьоҕурдаах ыччаты дьарыктыыр түмсүүлэргэ сылдьар, айар дьоҕура арыллан тэттик хоһооннору суруйар, сыыйа саха дьахталларын лидерэ буола үүнэр.

1922 сыллаахха үөрэҕин бүтэрээт, сэттэ кылаастаах оскуолаларга нуучча, саха тылларын, уруһуй уонна естествознание предметтэрин үөрэтэр.

1924 сыллаахха Наркомпросздрав иһинэн тылбаас хамыыһыйата тэриллэр. Манна саха дьонун чулуулара, үөрэхтээхтэрэ үлэлииллэр, С.А. Новгородов, А.И. Софронов, А.Е. Кулаковскай, А.Ф. Бояров, В.Д. Давыдова, А.А. Иванов – Күндэ, П.А. Слепцов, Н.Е. Афанасьев, П.И. Оруоһун, М.П. Слепцов – Отоороп, Н.Н. Павлов – Тыаһыт. Вера учууталлыы-учууталлыы «Айыл5а үөрэҕин» учебнигын тылбаастыыр, саха тылын үөрэтэр методичкалары, орто сүһүөх оскуола оҕолорун, үлэһиттэр оскуолаларын программаларын оҥорууга ылсыһан үлэлиир. 1925 сыллаахха үс киһиттэн састааптаах букубаар оҥорор хамыыһыйа тэриллэр. Онно В.Д. Давыдова, П.А. Слепцов, Н.Е. Афанасьев киирэллэр. Кэлин Петр Алексеевич Слепцов оннугар Петр Иванович Оруоһун – Хайыкы киирэр. Ити түбүктээх үлэ түмүгэр саха оскуолаларыгар үөрэтиллэр букубаардар, үөрэх кинигэлэрэ, брошюралар тахсаллар.

Балартан ордук суолталаахтара «Саҥа суол» диэн үөрэх 2, 3, 4-с (1925, 1926, 1927 сс.) сылларын кинигэлэрэ буолбуттар. Манна П.И. Оруоһун уонна В.Д. Давыдова айымньылара хото киирбиттэр. Ону оччотооҕу улахан суруйааччылар олус биһирээбиттэр, Вера Дмитриевнаны саха бастакы дьахтар суруйааччыта диэн сүрэхтээбиттэр. 1925 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр Бүттүүн Саха сирин үлэлээн иитиллэр дьахталларын бастакы съеһигэр делегатынан талыллыбыта.

1926 сыллаахха чугас аймаҕар, суруйааччы Петр Иванович Оруоһуҥҥа эргэ тахсар. 1927 сыллаахха, Вера Дмитриевналыын сылтан эрэ ордук  олорон баран, Петр Иванович Оруоһун П.В. Ксенофонтов баһылыктаах интеллигенция хамсааһыныгар кыттыгастаах аатыран эмиэ балыырга хаайыллан Соловки арыытыгар СЛОН хаайыытыгар ыытыллар. Ити ыарахан сылларга Вера Дмитриевна үлэтин тохтоппотоҕо, куорат 3, 4-с советскай оскуолаларыгар учууталлыыр. 1930 сыллаахха «Аа5ар кинигэ» диэн үөрэх саҥа кинигэтин таһаарар. 1933 сыллаахха ааптарыскай букубаарын бэчээттэтэр. Ону таһынан өссө үөрэҕин үрдэтинэр. 1934 сыллаахха Вера Дмитриевна  Саха сирин уон сэттэ бастыҥ учууталларын ахсааннарыгар киирэн, Москва, Ленинград куораттарга экскурсияҕа барар. Онно Вера Надежда Константиновна Крупскаяны кытта көрсүһүүгэ тыл эппит, кэпсэппит. Ол олоҕун биир саамай долгутуулаах, үөрүүлээх өйдөбүлүнэн буолбут.

1937 сыллаахха кыыһынаан кэргэнигэр Иркутскай уобалас Бодойботугар кэлэн «Лензолото» трест ситэтэ суох Транспортнай  оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлии киирэр. Вера Дмитриевна сэрии сылларыгар фронт туһугар кыаҕын харыстаммакка үлэлээбит. Ол түмүгэр 1946 сыллаахха «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

1951 сыллаахха Дьокуускайга үөрэнэ сылдьыбыт кыыһа Валерия ыарыыта бэргээн, Вера Дмитртиевна кэлэн төттөрү Бодойбоҕо илдьэ барбыт. Ити сыл Бодойбо исполкомун культураҕа салаатыгар көспүт. Кинини куорат Оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйинэн анаабыттар. Вера Дмитриевна оҕолорго араас тэрээһиннэри ыытара, библиотека кинигэлэрин хасааһын хаҥатара. Вера Дмитриевна олоҕун кэлиҥҥи кэмнэригэр дойдутун олус ахтар, соҕотохсуйар буолбутун Чөркөөх музейын директорыгар, биир дойдулааҕар Л. Григорьеваҕа суруйбут суруктарыттан билиэххэ сөп.

1968 сыллаахха кулун тутар 6 күнүгэр, СССР Культуратын министиэристибэтэ В.Д. Давыдованы «За отличную работу» мэтээлинэн, 1970 сыллаахха «За доблестный труд. В ознаменование 100-летия со дня рождения В.И. Ленина» мэтээлинэн наҕараадалаабыттар. 1971 сыллаахха Бодойбо куоратын исполкома «За долголетний и безупречный труд» диэн бочуот грамотатын туттарбыт. Вера Дмитриевна Давыдова сырдык аата Иркутскай уобалас Бодойбо куоратын Оҕо библиотекатыгар иҥэриллибитэ.

КҮҺҮҤҤҮ КҮН

Күндү маҥан күнүм

Күөгэйэ көстөн,

Күөх унаар халлааҥҥа

Күндү таас курдук

Күлүмнүү оонньуура

Көҕүрүүргэ барда.

Көрө-нара көттө,

Көҕүтэрэ уурайда,

Күрэнэргэ сананна,

Көстүбэт буолла.

Кырыа хаар тыыннаах,

Кыыдааннаах дьыбардаах

Кыһын ийэ хотун

Кыһарыйан кэлэн,

Кылбараҥ маҥан күнүм

Кыратык эрэ

Кыламнатан ааһар.

 

ПЕСНЯ ЛИСТВЕННИЦЫ

Со склоненной верхушкой,

С золотыми шишками

Звонкоствольная лиственница,

Серого резвого жеребца

Секущая в скачке по ноздрям,

Листва моя шелковойная,

Люди, буйно расцвела.

 

ПЕСНЯ ОСИНЫ

В молодом, густом

Выросла я лесу,

Осина дрожащая,

Будто серебряные,

Бабочки-листья

Начали свой пляс.

И даже в тихий день

Их не остановишь,

Только тронет ветерок –

Тряску начинаю.

 

ПЕСНЯ ДЕВУШКИ

Сколько прикормила,

Молоком приманила,

Белоголового теленка,

Голубчика моего,

Зеленой травкой угостила,

Светлой водичкой напоила,

Сладким цветом накормила,

И молодой листвой березы.

Слишком быстро не расти,

Хорошо быть маленьким,

Хорошо быть сладеньким,

Хорошо быть миленьким.

Сошью тебе из бересты

Намордник узорный,

А на шейку привяжу

Звонкий колокольчик.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Биэрэ Дабыыдап. Бүөтүр Оруоһун-Хайыкы / [хомуйан оҥордо Е.В. Слепцова-Куорсуннаах]. — Дьокуускай : Медиа-холдинг «Якутия», 2011. — 184 с.
  2. Умсуура. Саха бастакы дьахтар поэта // Чолбон. — 2024. — № 6. — с. 81-91

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *