1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
416 views

История библиотеки

История Черкехской сельской библиотеки

В 1921 году в центре Таттинского улуса, в с. Черкех, была открыта первая изба – читальня в помощь ликвидации безграмотности, пропаганде здоровой, чистой, гигиенической жизни, ведение разъяснительной работы среди населения по политике партии и правительства, повышение духовной жизни у сельчан.(Партийный архив Саха ОК, ф.2, оп.1, д.359, л.3-4). До этого никакого просветительского учреждения в районе не было. Первым заведующим избы-читальни был Гагарин Василий Степанович, первым библиотекарем – Мальчехов Иннокентий Данилович. Комсомолец Гагарин В.С. позже стал заведующим отделением политпросвещения Наркомпросздрава. Коммунист Мальчехов И.Д. работал председателем ревкома Верхоянского улуса. Работники избы-читальни в с.Кыйы, Игидэй организовывали «Красные уголки». В 1926-1928 гг. Черкехская изба-читальня охватила 17 наслегов как первое культурно-просветительское учреждение. 1926-1928 гг. заведующим работал Ксенофонтов Михаил Петрович, кандидат ВКП(б), библиотекарями Жегусов Федор Дмитриевич, Слепцов Иннокентий.
Из фондов Национального архива:
Обследование Таттинской избы-читальни
с 1 октября 1927 г по 13 марта 1928 г.
1. Общие сведения.
Изба- читальня работает в центре Таттинского улуса Якутского округа в местности «Черкех».
Район обслуживания избы-читальны входит один улус(Таттинский) с радиусом территории 50 верст ширины, 229 верст длины. 220*50=1100 квадр.верст, в состав улуса и обслуживания входит 17 наслегов. Изба-читальня открыта в 1921 году по инициативе Таттинской ячейки ВЛКСМ.
2. Сеть, районирование и история
Сметная сеть: 1926-1927 году – изба-читальня в местности «Черкех». 1927-28 году – изба-читальня в местности «Черкех».

Несметная сеть: 1925-26 г. изба-читальня в местности «Черкех». Средства существования не было. Всю работу исполняла ячейка КСМ. Изба-читальня помещалась при школе.
1. Изба- читальня приходится на количество по годам: 1926-27 – 9327 чел; 1927-28 г. – 9400 чел. (приблизительно).
2. Изба-читальня впервые возникла в 1924 году по инициативе Таттинской ячейки ВЛКСМ. Не замечается частая смена избачей.
3. В первые дни возникновения избы – читальни население не знало, что как, она находилась на не широком поле популярности, а была в роде уголка при школе. В настоящее время изба-читальня пользуется авторитетом среди населения в отрасле справочной работы, библиотеки (передвижной библ.) красных уголков.

Ф.И. и  О. Название учреждений и организаций Какую обязанность выполняет при   и/ч
1.Огоюкин Михаил Харлампьевич Таттинский ЧИК Член редколлегии
2. Прудецкая Иулита Гаврильевна Кр – т – во ВКП(б) Пом.руков.спорткружка
3.Турнин Харлампий ВЛКСМ
4. Вырдылин Прокопий Жен д…
5. Максимов Афанасий  

ВПО

6. Мартынова Ан. Таттинск. II конц.
7. Саввин Сергей Ар-к девушек
8. Софронов В.И. ВП
9. Сунхалырова О. Учком
10. Петров Гаврил Андреевич
11. Григорьев Николай руков.драмкружка г.Якутска и упономоч.шеф ячейки Отв. ред. «Сардана»

Руков.канд.отделения

12. Борисов Д.М. Ипс. передв.
13. Давыдова Над. ОДН б
14.Сидоров Роман Иовлевич н/сов
15. –
16. Борисов Алексей нар.судья XI уч. Член секретарь ред/колл.,
17. Ксенофонтов М.П. Изба — читальня Руководит всей работой

и/ч

Президиумы избраны из состава 5 лиц
1. Ксенофонтов М.П. – предс. Президиума
2. Вырдылин Прокопий Николаевич – член
3. Огоюкин Михаил – член / секретарь
4. Турнин Харлампий Григорьевич – кандидат
5. Давыдова Н. – кандидат
(НА. Фонд 60, оп.3, № 125. Дело о результатах обследования работы Таттинской избы- читальни за 15 Ф – 14 юл. 1928.)
Сельскэй библиотекаҕа араас сылларга үлэлээбит сэбиэдиссэйдэр
Хохордонов Петр Дмитриевич – 1938 с.
Макаров Гаврил Васильевич – 1939 с.
Бястинов Егор Егорович – 1940 с.
Хоютанов Лаврентий Романович
Кулаковскай Николай Михайлович
Нелтанов Павел Егорович – 1941 с.
Халгаев Василий Иванович –
Маркова Анна Яковлевна – 1957 – 1959 сс.
Захарова Лидия Никифоровна
Унарова Анна Семеновна – 1966 -1987 сс.
Бодоготова Татьяна Антоновна – 1987 – 2010 сс.
Мандарова Татьяна Эльпидифоровна – 2010 с.

1957 сыллаахха 12 нэһилиэккэ библиотекалар тэриллибиттэрэ. 1955 сыллаахха Анна Яковлевна Маркова райкомол путевкатынан Чөркөөххө библиотекарынан анаммыта. Ити дьыл Дьокуускайдааҕы культурнай – сырдатар оскуола библиотечнай салаатыгар үөрэнэ киирэн, 1957 сыллаахха бүтэрэн идэлээх үлэһит буолан 1959 сылга диэри Чөркөөх библиотекатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Аан бастакынан каталогы оҥорууну саҕалаабыта, ситэрэн – хоторон, сааһылаан картотеканы дьон туһанар гына оҥортообута. Үлэтин үксүн ааҕааччыларыгар, культура үлэһиттэригэр, специалистарга, учууталларга тирэҕирэн ыытара. 1959 сылга диэри үлэлээн баран Дэбдиргэ библиотекатыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үрдүк ситиһиилээхтик үлэлээн оройуон бастыҥ библиотекатыгар тиийэ үүммүтэ. Оччолорго үлэлээбит Анна Яковлевна Маркова бу курдук ахтар: “ Мин 1957 сыллаахха Чөркөөххө библиотекарынан ананан кэлбитим. Манна совхоз салайар салайар үлэһиттэрэ ирдэбиллэрэ үрдүгэ, ыччаттара үлэҕэ, самодеятельноска көхтөөхтөрө, элбэхтэрэ киһини сөхтөрөрө. Кулууп сэбиэдиссэйиниэн Т.Н.Протодьяконова үлэлиирэ. Оттон библиотека үлэтэ саҥа сэргэхсийэн эрэр кэмэ этэ. Ол курдук каталогы саҥардыы, учаастактарга, фермаларга кыһыл муннуктары, көһө сылдьар быыстапкалары тэрийээ курдук үлэлэр тэриллэр буолбуттара…”.
Чөркөөх библиотекатыгар өр сылларга үлэ ветерана, ССРС культуратын туйгуна, культура үлэһиттэрин республикатааҕы 3-с съеһин делегата(1967с.) Анна Семеновна Унарова таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Анна Семеновна Дьокуускайдааҕы культурнай – сырдатар училищены 1957 с. бүтэрэн библиотечнай үлэтин төрөөбүт Игидэй нэһилиэгин библиотекатыттан саҕалаабыта. Чөркөөх библиотекатыгар 1966 сылтан 1987 сыл пенсияҕа тахсыар диэри ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Анна Семеновна Кыайыы 20 сылыттан саҕалаан нэһилиэк Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын, сэрии толоонуттан эргиллибэтэх биир дойдулаахтарбыт тустарынан учуутал И.Н.Вырдылин көҕүлээһининэн ахтыылары хомуйууга үлэлэспитэ, элбэх материал чөмчөтүллэн “Албан Аат” хоһугар бэриллибитэ. Үлэлиир сылларыгар оройуоннааҕы куоталаһыыларга, көрүүлэргэ миэстэлэһэрэ, бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара. Тустаах үлэтин таһынан үгүс өрүттээх общественнай үлэни толороро, хас да төгүл нэһилиэк советын депутатынан талыллыбыта. 1962 с. комсомол уобаластааҕы комитетын 21-с конференциятыгар уонна культура үлэһиттэрин 3-с съеһигэр делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта. «ССРС культуратын туйгуна» бэлиэнэн, В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан юбилейнай, «Үлэ ветерана» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
“Олохтоох библиотекарь Анна Семеновна олус түбүктээх Людмила Николаевна көрдөһүүтүн ылынан, музейга анаан элбэх быыстапкалары оҥорсубута күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри туһалыы тураллар. Кэлин кини Л.Н.Григорьева тус бэйэтин библиотекатын музей сотруднига Е.И.Ушницкаялыын системалаан оҥорбуттара.
Биллэн туран, сөҕүмэр дьикти Чөркөөх музейыгар баар былыргы саха малын – салын курдук сэдэх эргэ кинигэлэр эмиэ саҥа тыыны эрэйэллэрэ саарбаҕа суох. Күн бүгүн үтүө үгэс салҕанар. 21-с үйэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын уонна бары нэһилиэктэр библиотекаларын үлэһиттэрэ Чөркөөх музейын кытта ыкса сибээстэрин быспакка айымньылаахтык үлэлээн кэллилэр. Анна Семеновна кэнниттэн Чөркөөх библиотекатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Т.А.Бодоготова, билигин үлэлии сылдьар Т.Е. Мандарова эмиэ музейы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр”.
Жерготова И.Я. Чөркөөхтөөҕү историческай-мемориальнай музей научнай сотруднига, СР культуратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ.
“Өй-санаа, билии биһигэ” кинигэттэн.- Ытык-Күөл, 2015.

Чөркөөх библиотеката улууска биир бастыҥ үлэлээх библиотеканан биллэр. 1987 сылтан библиотека сэбиэдиссэйинэн Саха Республикатын культуратын туйгуна Татьяна Антоновна Бодоготова айымньылаахтык үлэлээбитэ. Аан бастаан үлэлиэҕиттэн библиотекарь имиджин , библиотека статуһун үрдэтиигэ улахан болҕомтотун уурбута. Ааҕааччылар киһи кутун-сүрүн тардар, сырдык, тупсаҕай оҥоһуулаах библиотекаҕа кэлэн ааҕан, саҥаны билэн-көрөн баралларыгар, библиотека материальнай базатын бөҕөргөтүүгэ күүскэ үлэлэспитэ. Кинигэҕэ, ааҕыыга сыһыаннаах араас тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык баралларыгар ахсаабат кыһамньытын уурара, нэһилиэк общественнай түмсүүлэрин, тэрилтэлэрин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирэ. Библиотекаҕа Татьяна Антоновна сылаас, сырдык эйгэни олохтуурга кыһанара, ол курдук, оҕолорго анаан анал муннук, араас остуол оонньуулара, дуобат, саахымат оҕолор интэриэстэрин тардаллара, манна кырачаан ааҕааччылар үөрэ-көтө сылдьаллара. Татьяна Антоновна айымньылаахтык үлэлиир библиотекардартан биирдэстэрэ, куруук үлэ саҥа ньымаларын көрдөөн олоххо киллэрэргэ дьулуһара. Ол курдук улууска бастакынан народнай театры уонна театральнай оҕо студиятын кытта театральнай, литературнай киэһэлэри,оҕолорго,улахан дьоҥҥо ”Поле чудес”, “Зов тайги”, “Зигзаг удачи”, “Оҕо сааспыт оонньуурдара” ретробыыстапка, дьиэ кэргэн киинин кытта нэһилиэк үлэлээбэт дьахталларыгар “Иһирэх” кулууп уо.д.а. тэрээһиннэр ааҕааччылар сэҥэриилэрин ылбыттара. Татьяна Антоновна маны таһынан элбэх общественнай үлэни толороро, родком чилиэнэ, түөлбэ начальнига, нэһилиэккэ ыытыллар араас үөрүүлээх тэрээһиннэр сценарийдарын автора уонна ыытааччыта буолара.