1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
116 views

Ньээм уонна үөрэ ото доруобуйаҕа туһалара.

Ньээм, алтан төбө (одуванчик  лекарственный)

Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут үгүс киһи билэр ото. Онон быһаара сатыыр наадата суох курдук. Билэргит курдук, сайыны быһа сибэккилэнэр.

Эмтэнэргэ ньээм от силиһин үксүн күһүн ото өлбүтүн кэннэ хомуйуллар. Сыыһын ыраастаан баран, күн уотугар хас да күн, силиһэ мас курдук тосто сылдьар буолуор диэри, күүскэ хатарыллапр. Онтон сылаас сиргэ хатара ууруллар.

Бу оту “ олох эликсирэ” диэн ааттыыллар. Ньээм от силиһэ аппетиты көтөҕөргө, ас буһарар орган үлэтин тупсарарга, үөс туолбутун таһаарарга, тымныйан сөтөллөр дьону эмтииргэ, хойуу хаайтарыытыгар биир кыра ньуоска кырбаммыт силиһи ыстакааан оргуйбут итии ууга чаас аҥара көөнньөрөн, ыстакаан чиэппэринэн күҥҥэ үстэ-түөртэ аһыах иннинэ иһиллэр. Маннык бэлэмнэммит эмп, …ордук ас буһарар орган былчархайдарын үлэтин уонна үөс туолбутун таһаарыытын күүһүрдэр. Хаан барарын тохтоторго, холестерины организмтан таһаараргша, атеросклерозка эмиэ туһаныллар.

Сибэккитин сарсыарда, ардаҕа суох ыраас күн үргүүр табыгастаах.Силиһэ намчы эрээри, сиргэ дириҥник тобулу үүммүт буолар. Онон тимир күрдьэхтээх сылдьар ордук.

 

К.П.Токумова.Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ./          В.Т.Неустроев, А.В.Мандарова, Мандар ойуулара. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – с.38

 

Үөрэ ото, кыа уга  (полынь  чернобыльник)

Киһи барыта билэр, былыр-былыргыттан сахалар ас оҥостон аһаабыт үүнээйилэрэ буолар.

Эмтэнэргэ үөрэ отун төбө өттүн уонна силиһин хомуйаллар. Үөрэ отун үгүс норуот эмчитэ ньиэрбэ ыарыытыгар, тартарарга, аменореяҕа, дисменореяҕа, төрүүр дьахтар талыытын күүһүрдэргэ туһаналлара.

Дьарҕаҕа үөрэ отун чараас туоска суулаан, уматан түөн ууран эмтииллэр. Ону таһынан биир улахан ньуоска оту ыстакаан оргуйбутунан ууга көөнньөрөн, ас буһарар орган ыарыытыгар, сахарнай диабекка, саһарарга, бронхиальнай астмаҕа, хойуу хаайтардаҕына, тымныйыыга тутталлар.

…үөрэ отун атахха баанан сылааны таһаараллар эбит.Үөрэ отун, мүөтү буспут рискэ буккуйан, тэллэйтэн сүһүрүүнү эмтииллэр.Итиэннэ үөрэ ото аһы буһарар орган үлэтин тупсарар, лиистиги таһаарар дьайыылааҕын бэлиэтииллэр. Силиһин оргутан, менструальнай цикл кэһиллиитигэр, ыарахан дьахталлар токсикозтарыгар уонна хаан ыарыытыгар иһэртэххэ үчүгэйдик көмөлөһөр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *