Нуучча улуу поэтын Александр Сергеевич Пушкин туһунан бэрт элбэх суруллан, айыллан турар. Инникитин өссө суруллуо, айыллыа турдаҕа.
Саха литературатын үгүс көлүөнэ суруйааччылара Пушкинтан элбэххэ үөрэммитэ уонна үөрэнэллэр.Улуу поэт аар-саарга аатырбыт үгүс кэрэ айымньылара сахалыы тылынан саҥардылар.Олор истэригэр «Бахчисарай фонтана», «Цыганнар», «Полтава», «Алтан аттаах» уонна «Евгений Онегин» курдук хоһоонунан суруллубут бөдөҥ айымньыларын ааттыахха сөп. Биһиги литературабыт үгүс көлүөнэ поэттара, суруйааччылара А.С.Пушкин «Белкин сэһэннэрэ», «Дубровскай», «Капитан кыыһа», о.д.а. прозаическай айымньыларын, «Саалтаан Саар, кини уола албан ааттаах күүстээх-уохтаах Гвидон Салтанович уонна үтүөкэн Куба сарыабына тустарынан остуоруйа», «Руслан уонна Людмила» диэн уостан түспэт дьиктилээхэй суруйууларын сахалыы саҥардыбыттара.
Улуу поэт «Кэччэгэй рыцарь», «Моцарт уонна Сальери», «Таас ыалдьыт», «Борис Годунов», о.д.а. драматическай айымньылара сахалыы тылбаастанан саха литературатын сайдыытыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыттара. А.С.Пушкин нэһилиэстибэтин сахалыы саҥардыыга Н.Неустроев, П.Ойуунускай, Эллэй, Күннүк Уурастыырап, Г.Васильев, Н.Заболоцкай, Ф.Софронов, Л.Попов, И.Арбита, В.Чиряев, С.Данилов, Дьуон Дьаҥылы уо.д.а. тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Сэмэн Тумат. А.С.Пушкин уонна Саха сирэ.- Дьокуускай: Бичик, 1999-с.73
Бэс ыйын 6 күнэ — Россияҕа улуу поэт А.С.Пушкин күнэ. Бу күн улуус ааҕааччылара поэт «Храни меня мой талисман» аатырбыт хоһоонун Виктор Хон тылбааһыгар ааҕаллар.