1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
249 views

Хатыҥ мас эмтиир күүһэ.

Х а т ы ҥ ( береза  плосколистная )

Ыам ыйын бүтүүтэ хатыҥ сэбирдэҕин саҥа тыллан, сыстаҥнас буолбут кэмигэр хомуйаллар. Элбэх мастан кыра-кыратык ылар ордук. Буһан хаалбатыгар, түргэнник аҕалан салгыннаах күлүк сиргэ чараастык тэлгэтэн куурдуллар. Сотору-сотору эргитэн тарҕатан биэриллэр. Оттон үнүгэһэ саас хаар ууллубут кэмигэр хомуйуллуохтаах.

Үнүгэһи көөнньөрөн эбэтэр оргутан ииктэтэр, үөс таһаарар уонна дезинфекциялыыр эмп быһыытынан тутталлар. Сүрэх, бүөр үлэтэ кэһиллиититтэн үөскээбит дарбайыыга (отек) эмиэ иһэллэр. Үнүгэһинэн өссө оҕолор үөһүрүүлэрин,диспепсияны, дизентерияны эмтииллэр. Водкаҕа 10 бырыһыаннаах настойка оҥорон 10-15 хааппыланы күҥҥэ түөртэ иһэрдэллэр. Бу настойканы ваннаҕа кутан экземаны уоскуталлар.

Үөһү таһаарарга сэбирдэҕин биир суукка устата көөнньөрөн (100 г. сэбирдэҕи 1 литр ууга), биирдии ыстакааны сарсыарда аһыах иннинэ иһиллэр. Сибиэһэй сэбирдэҕин ревматизмҥа, радикуликка, сүһүөх дьарҕатыгар халыҥнык саба ууран кэлгийэллэр. Ыалдьар сирэ сылыйыар диэри туталлар. Хаппыт күөх сэбирдэх күлүн арыыга буккуйан маас оҥороллор, итиигэ буспуту үтүөрдэллэр. Хатыҥ сэбирдэҕин халыҥ гына ууран баран, тиит сымалатынан сыһыаран өр оспот бааһы, искэни, кутургуйаны, уо.д.а. тирии ыарыыларын эмтииллэр.

Итини таһынан сэбирдэҕин көөнньөрөн ииктэтэргэ уонна тиритиннэрэргэ, витамин тиийбэтигэр, эт-хаан уопсай туругун тупсарарга туһаналлар. Холецистит, холецистоангиохолит чэпчэки көрүҥнэригэр тутуннахха ыарыһах ыарыыта мүлүрүйэр, сүрэхтэрэ көппөт буолар. Быар кээмэйэ кыччыыр, бүөр уонна үөс үлэтэ тупсар.

Хатыҥ уута куртах ыарыытыгар, сэлликкэ, ангинаҕа, кутургуйаны, өр оспот баастары эмтииргэ туһалаах. Бүөргэ таас мунньулуннаҕына, быар ыарыйдаҕына күҥҥэ биир ыстакаан хатыҥ уутун атын эмтэри кытта иһиэххэ сөп. Саҥа тахсан эрэр кутургуйаны хатыҥ тас чараас туоһунан саба баайдахха сүтэр диэн норуот эмчиттэрэ этэллэр.

Токумова К.П. Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ./В.Т.Неустроев, А.В. Мандарова, Мандар ойуулара. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – 96 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *