Саха Автономията төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Улуу Ойуунускайбыт сырдык аатын үйэтитэ, саха норуотун көҥүл, саҥа, сайдыылаах олоххо сирдээбит, турууласпыт тэҥҥэ киирсибит, чугас доҕотторун Максим Аммосов, Исидор Барахов төрөөбүт түөлбэлэринэн «Доҕордоһуу далаһатын» олохтуу Ытык Чөркөөхтөн «Октябрьскай нэһилиэк » дьаһалтатын Баһылыга А.П.Семенов салалтатынан культурнай — сырдатар десант кулун тутар 29-31 күннэригэр Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар, Бүлүү куоратыгар, Нам улууһун Хатырыгар баран кэллибит. Бүлүү куорат аартыгар, Таатта түмсүүтэ кымыстаах чороонунан, арыылаах алаадьынан күндүлээн, аал уоту айах тутан истиҥник көрүстүлэр. Бүлүү куоратын мэрэ Афанасьев Нь. В., биир дойдулаахпыт А. Томская эҕэрдэлээтилэр. Түмсүү ситиһиилээх айаны баҕаран туран бэлэхтэрин туттардылар. Харбалаахха И.Н.Барахов, Хатырыкка М.К.Аммосов пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Музейдарга көрсүһүүлэр тэрилиннилэр. Биһиги, Улуу киһибит П.А.Ойуунускай олоҕун кэрчигиттэн » Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин…!» театрализованнай композицияны уонна Тааттабытын туойар эҕэрдэ кэнсиэрбитин көрдөрдүбүт. Бүлүү куорат кэрэ — бэлиэ сирдэринэн, пааматынньыктарынан , сибэкки ууруутун, экскурсияны мэр Афанасьев Нь. В. бэрт кэрэхсэбиллээхтик тэрийдэ .Сылдьыбыт нэһилиэктэрбит Дьаһалталара хонук сирдэрбитин бэлэмнээн, баай — тотоойу астаах сандалылаах көрсөннөр уһун, ыраах айан суолуттан сылайбыт дьоҥҥо улахан болҕомтону уураннар сылаас, истиҥ сынньалаҥы тэрийдилэр. Көрсүһүүлэр икки өттүттэн салҕыы сайдан, кэлэр кэнчээри ыччат бэйэ — бэйэтин билсэн, төрөөбүт дойдуларын Улуу дьоннорунан киэн тутта, кэрэхсии сылдьалларыгар, саха норуота олорон кэлбит баай историятын билэллэригэр, киэн тутта улааталларыгар олук уурда.Маннык көрсүһүүлэр биир сырыынан бүтэн хаалбакка үгэскэ кубулуйуулара туһалаах буолуоҕар эрэнэрбитин биллэрдибит. Истиҥник көрсүбүт Харбалаах, Хатырык нэһилиэктэрин , Бүлүү куоратын Таатта түмсүүтүгэр дьаһалталарыгар, музей, культура тэрилтэтин үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!