Петр Егорович Решетников – Көһөҥө Бүөтүр — Ийэ олоҥхоһут, үлэ тыыл ветерана, Таатта уонна Эдьигээн улуустарын, Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, улуус Бочуоттаах алгысчыта, спортка эмиэ ситиһиилэрдээх- саахымакка бастакы разрядтаах, дуобакка спорт маастарыгар кандидат. Петр Егорович 1929 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Күнээйи нэһилиэгэр Удаҕан алааһа диэн сиргэ төрөөбүтэ. Чөркөөх сэттэ кылаастаах, онтон Ытык-Күөл орто оскуолатын 1951 сыллаахха бүтэрбитэ. Дьокуускайга икки сыллаах учуутал үөрэҕэр үөрэммитэ. Физика, математика учуутала буолан, ыраах Эдьигээн улууһугар Баахынай оскуолатыгар ананан үлэлии барбыта. Бу улууска 15 сыл олорбута. 1954 сыллаахха биэссэр идэлээх Анна Спиридоновналыын дьоллорун холбообуттара. Дойдутугар 1969 сыллаахха эргиллэн кэлэн оскуолаҕа, сэбиэккэ, совхоз профсоюһугар үлэлээбитэ.
Көһөҥө Бүөтүр аҕата Егор Петрович Решетников Үһүс Дьохсоҕон Маҥаас аҕатын ууһуттан төрүттээх. Үөрэхтээх буолан өрөбөлүүссүйэ иннинэ нэһилиэккэ кинээстээбит.Аҕатын өттүнэн Баҕа Боотур диэн улахан күүстээх төрүттээх.Абаҕата Биэскэлэй Дьөгүөр Чөркөөх таҥаратын дьиэтин тутуутугар 15 байтаһын ынаҕы, 15 байтаһын биэни сиэртибэлээбит, түһээн хомуйан тутуу маһын бэлэмнэппит. Таҥара дьиэтин бастакы старостата. Итини таһынан чугас аймахтара Көһөҥө Ньукулай диэн олоҥхоһут үөскүү сылдьыбыт.
Ийэтэ Евдокия Исаевна Новгородова Болтоҥо Новгородовтарыттан төрүттээх. Саха бастакы суругун-бичигин автора Семен Новгородов чугас аймаҕа. Эһэтэ Исай Новгородов-Иэп Ноҕоруодап олоҥхоһутунан, тойуксутунан биллэр.
Петр Егорович бэйэтэ этэринэн, кини олоҥхоһут буолан тыыллан-хабыллан туруутугар кини улааппыт-иитиллибит олоҥхотун эйгэтэ, оҕо эрдэҕиттэн Оччоох Борокуопай,Дарыбыан Дабыыдап, Дэниис Элбэрээкэп о.д.а. олоҥхоһуттары истибитэ улахан оруоллаах. Эдэригэр кини ыллыыр-туойар идэлээх эбит.Уус-уран самодеятельность сайдан тэнийэр кэмигэр концертарга туойар, ардыгар олоҥхоттон быһа тардан толорор буолар.
Кинини үчүгэйдик билэр,талааныгар сүгүрүйэр киһитэ, Суорун Омоллоон, кинилэргэ сырыттар эрэ кистэммэккэ, кыбыстыбакка дьоҥҥо-сэргэҕэ олоҥхолууругар сүбэлиир.
Петр Егорович, өбүгэлэриттэн утумнаан бэриллибит айылҕа талааннааҕа, олоҥхо эйгэтигэр улааппыт буолан, сааһыран баран бэйэтэ олоҥхолуур буолбута. Кини үгэс буолбут олоҥхо тутулун уонна толоруу үгэһин кытаанахтык тутуһар.Айылҕаттан бэриллибит кылыһахтаах күүстээх куоластаах, ыллыыр ньыманы толору баһылаабыт олоҥхоһут быһыытынан биллэр.
Петр Егорович « Сүүрэр сулус сырыыта сырыылаах Сыыйылла Хара аттаах аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай» диэн түөрт чаастаах уонна биэс аҥар чаастаах «Тоҕус күс сири атаҕын анныгар аралдьыта үктүүр ала дьоруо аттаах Уордаах кылыннаах Уордайа хаан бухатыыр» диэн икки олоҥхолоох. Маны таһынан илиинэн суруллубут «Ала Чуоҕур аттаах Араан Мохсоҕоллой бухатыыр» диэн олоҥхолоох.
Көһөҥө Бүөтүр этэринэн, олоҥхо сюжеттара сүнньүнэн биирдиҥилэр. Аллараа дойдуну арсан дуолай абааһыларынан, орто дойдуну айыы бухатыырдарынан сирэйдээн утары туруоран көрдөрүллэр. Олоҥхо олох сайдыытын, охсуһуутун философиятын көрдөрөр уонна айыы аймаҕын ыра санаатын ситиһиитинэн түмүктэнэр тутула, сюжеттара олус күүстээхтэр. Маны барытын саха байҕал курдук баай, оһуордаах-мандардаах ураты кэрэ, аалы көтөҕөр сөҕүмэр күүстээх тылынан ойуулаан Аан дойдуга таһаарда.
Решетников, Петр Егорович. Айыы Дьураҕастай. Уордайа Хаан: олоҥхо / П. Е. Решетников ; (сост. : А. Ф. Корякина, Ю. П. Борисов и др. ; отв. ред. Р. Н. Анисимов); М-во науки и высш. образования Росс. Федерации, Сев.-Вост. фед. ун-т им. М. К. Аммосова, научн.-иссл. ин-т Олонхо. — Якутск: Кытыл, Медиа-Холдинг Якутия, 2019. — 416 с. — (Серия «Олонхо современности»).
Матырыйаалы хомуйан оҥордулар кийиитэ үлэ ветерана Решетникова В. Ф., улахан сиэнэ учуутал Решетников Е. В. — Чөркөөх, 2009. — 56 с.
Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников — Көһөҥө Бүөтүр: (биобиблиографическай испииһэк): (хомуйан оҥордо Е. Шестакова). — Ытык-Күөл, 2008. — 12 с.