Медицина билимин дуоктара, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, нуучча географическай уопсастыба чилиэнэ, “Оҕо куйуурдуу турара” фонда салайааччыта Егор Егорович Борисов – Буор Булгунньах икки сыл устата суруйбут “Ийэ итэҕэл” диэн кинигэтин бастакынан биир дойдулаахтарыгар Таатта Чөркөөҕүн олохтоохторугар сүрэхтээбитэ.
Егор Борисов кинигэни алгысчыт Афанасий Федоровы кытта бииргэ үлэлэһэн суруйбут. Үлэ итэҕэл саҥа хайысхатын тэрийэр сыалы эккирэппэт. Ааптардар саха итэҕэлин сүрүн өйдөбүллэригэр олоҕуран омук быһыытынан быыһанар суолбутун ыйбыттар уонна күннээҕи мунаах ыйытыктарга хоруйдаабыттар. “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар 2400 экземплярынан бэчээттэммит дьоҕус кинигэни ааптардар библиотекаларга бэлэхтииллэр. Маны таһынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга ыытыахтара.