Сэтинньи 11 күнэ — Ытык Күөлгэ биир дойдулаахпыт П. А. Ойуунускайга аналлаах «Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» кинигэ биһирэмэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Автордар — В. Б. Окорокованы, В. Н. Луковцевы кытта киэҥ кэпсэтии, ырытыһыы буолла.
Сэтинньи 13 күнэ — Чөркөөх орто оскуолатын 1 кылааһыгар «М. Е. Николаев оҕо сааһа» диэн библиоурок ыытылынна.
Сэтинньи 15 күнэ — Байанай ыйыгар аналлаах «Баай Байанай» тэрээһиҥҥэ бу тиэмэҕэ викторина бэлэмнээн ыыттыбыт.
Сэтинньи 22 күнэ — Улуус киинигэр Ытык Күөлгэ «Олоҥхо ыллыгынан» диэн Олоҥхо декадатын аһыллыытыгар Чөркөөхтөөҕү норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрин кытта «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны куукулалары хамсатан, оонньоон көрдөрдүбүт.
Сэтинньи 27 күнэ — Нэһилиэккэ Олоҥхо дьыктаанын суруйуу ыытылынна. Барыта 13 киһи бу өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Винокурова А. Г., Охотина Т. И., Яковлева П. В. «5» сыанаҕа, 9 киһи — «4» сыанаҕа суруйдулар. Ордук көхтөөхтүк «Аленушка» оҕону сайыннарар киин үлэһиттэрэ кытыннылар. Суруйбут ааҕааччыларбытыгар барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.